1. Өбүгэбит биhиэнэ дьэрэлитэ туойара
Ол өспөт үйэттэн ырыанан саҥарара
Аптаах саха тойуга суох айаннаппат буолара
Дьээ-буо диэнтэн саҕалаан суолун кылгаттара
Х/ы Уонна дьэ тоҕо мин
Ыллаабат буолуомуй
Саха буолан бараммын
Туойбакка туруомуй
2. Сир-халлаан барыта хоhооҥҥо хоhуллара
Кэрэ көстүү айылҕа тойукка тиhиллэрэ
Yс күннээх түүнү быhа олоҥхо этиллэрэ
Ону сөҕө махтайа бары дьон-сэргэ истэрэ
3. Ырыам миэнэ сүрэхпэр
Ырыам миэнэ сүhүөхпэр
Туойар кутум санаабар
Хоhооннорум тулабар
Арчылаана еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 3